
Барыта оҕолорбут тустарыгар
Сэтинньи 13 кунунэр о5олорбутугар ыаллыы олорор колледж студеннара Саха остуоруйаларыгар тирэ5ирэн , о5олорбут сахалыы тылларын саппааһа байарыгар, саҥарар саҥалара, толкуйдуур дьоҕурдара сайдарыгар сыаллаах оноһуллубут бизиборду биһиги «Березка» уһуйаан улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро билистилэр, сэҥээрэ оонньоотулар.
Ордук Үс дойдуну кэрийэр хаамыылаах остуол оонньуутун уолаттарбыт сэҥээрэн, ис - истэриттэн уөрэн, интэриэһиргээн , баҕаран туран оонньоотулар. Бу оонньууга чыыһыланы, сыыппараны билсэрин таһынан үс дойдуну оҕо хааман туоруура олус интэриэьинэй. Бизиборд ойоҕосторугар «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» уонна «Таал - Таал эмээхсин» туһунан остуоруйалары кэпсэттэрэр оонньуулар бааллар. Бу тупсаҕай көстүүлээх бизиборд авторыгар, тутан - хабан оҥорбут оҕолорго махтал! Инникитин да маннык бииртэн - биир интэриэһинэй, саҥаттан - саҥа оонньуулары айан онорон иһэргитигэр баҕарабыт.
Махталы кытта "Чуораанчык" бөлөх иитээччилэрэ.


